Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -

Саалтыр 99 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


1 Махтал псалома.

1 Махтал псалома. Айхаллаа Айыы Тойону, сир үрдэ бүттүүнэ.

2 Үөрэ-көтө сүгүрүйүҥ Айыы Тойоҥҥо; ыллыы-туойа кэлиҥ Кини иннигэр.

3 Билиҥ: Айыы Тойон – Таҥара; Кини биһигини айбыта, биһиги – Киниэннэрэбит, Кини норуотунабыт, Кини бараанын үөрүнэбит.

4 Айхал тыллаах ааһыҥ Кини олбуорун аанынан, махтал тыллаах киириҥ Кини тиэргэнигэр; айхаллааҥ Кинини, алҕааҥ Кини аатын.

5 Айыы Тойон үтүө санаалаах: Кини бигэ таптала өлбөт үйэлээх, Кини көлүөнэттэн көлүөнэҕэ эрэбиллээх.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:



ကြော်ငြာတွေ