Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -

Саалтыр 94 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Кэлиҥ, Айыы Тойоҥҥо ырыата ыллыаҕыҥ; быыһабыллаах очуос хайабытын үөрэ-көтө айхаллыаҕыҥ!

2 Махтал тыллаах кэлэммит, Кини иннигэр туруоҕуҥ, үөрүүлээх ырыанан Кинини уруйдуоҕуҥ!

3 Айыы Тойон – улуу Таҥара, бары таҥаралар үрдүлэринэн турар сүдү Ыраахтааҕы.

4 Кини илиитигэр бааллар сир түгэхтэрэ, хайалар чыпчааллара эмиэ – Киниэннэрэ.

5 Муора – Киниэнэ: муораны Кини айбыта, кураанах сири эмиэ Кини оҥорбута.

6 Кэлиҥ, сүгүрүйүөҕүҥ, атаҕар үҥүөҕүҥ, биһигини айбыт Айыы Тойон иннигэр сөһүргэстиэҕиҥ!

7 Кини – биһиги Таҥарабыт, биһиги – Кини көрөр-истэр норуотунабыт, Кини маныыр бараанын үөрүнэбит. Оо, арай бүгүн эһиги Кини саҥатын истэргит эбитэ буоллар!

8 «Ол күн Мериваҕа, Масса кураайы дуолугар курдук, эһиги аны дьирээлэһимэҥ.

9 Онно өбүгэлэргит Миигин үтэн-анньан көрөллөрө, бары дьайыыбын көрө сылдьан, Миигин тургуталлара.

10 Түөрт уон сыл ол көлүөнэттэн Мин аҕынньым төллөрө, ол иһин эппитим: „Бу муна-тэнэ сылдьар норуот, кинилэр Мин суолбун билиэхтэрин баҕарбаттар“.

11 Ол иһин абаран-сатаран андаҕайбытым: „Кинилэр Мин уоскулаҥнаах дойдубар киириэхтэрэ суоҕа!“»

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:



ကြော်ငြာတွေ