Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -

Саалтыр 92 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Айыы Тойон – Ыраахтааҕы; Кини сүдү килбиэни таҥныбыт; Айыы Тойон сүдү килбиэни таҥныбыт, күүһү-уоҕу курдаммыт, ол иһин сир-халлаан бигэ, тулхадыйыа суоҕа.

2 Эн бүрүстүөлүҥ былыр-былыргыттан турар; Эн үйэлэр иннилэриттэн бааргын.

3 Өрүстэр куоластара, Айыы Тойон, өрүстэр куоластара өрө эҥсиллэр, өрүстэр сүүрүктэрэ өрө түллэр.

4 Улахан уу ньиргиэрдээх тыаһынааҕар, байҕал балысхан баалынааҕар, үөһэ баар Айыы Тойон ордук күүстээх!

5 Эн туоһулуур кырдьыгыҥ бигэттэн бигэ; Эн Дьиэҥ, Айыы Тойон, үйэлэр тухары сибэтиэй.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:



ကြော်ငြာတွေ