Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -

Саалтыр 86 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


1 Корей уолаттарын псалома. Ырыа.

1 Корей уолаттарын псалома. Ырыа. Кини олохтообут куората сибэтиэй хайа үрдүгэр турар.

2 Айыы Тойон Иерусалимы Иаков хайа да түөлбэтинээҕэр таптыыр.

3 Кэрэхсэбиллээх да суол эн тускунан этиллэр, Таҥара куората! Села

4 Миигин билэр норуоттары ааттыырбар Египеттээх Вавилону эмиэ ааттыаҕым; Филистия, Тир, Эфиопия дьоно эмиэ: «Маннык киһи онно төрөөбүтэ», – диэхтэрэ.

5 Оттон Сион туһунан этиэхтэрэ: «Ол да, бу да киһи сибэтиэй хайаҕа төрөөбүттэрэ; Үрдүктэн Үрдүк Сиону Бэйэтинэн бөҕөргөппүтэ».

6 Айыы Тойон норуоттар биэрэпистэригэр: «Маннык киһи онно төрөөбүтэ», – диэн суруйуоҕа. Села

7 Оччоҕо ырыаһыт да, үҥкүүһүт да барыта этиэҕэ: «Эн бааргын биһиэхэ бары үтүө төрдө!»

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:



ကြော်ငြာတွေ