Саалтыр 82 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Ырыа. Асаф псалома. 2 Айыы Таҥара, саҥата суох буолума; хардарбакка хаалыма, Айыы Таҥара, уоскуйан уостума! 3 Көр, ол өстөөхтөрүҥ хайдах өргөйбүттэрин, Эйигин абааһы көрөөччүлэр төбөлөрүн өндөппүттэрин. 4 Эн норуоккун утары уодаһыннаахтык куомуннаһаллар; Эн араҥаччылыыр дьоҥҥун утары куомсуктаһаллар. 5 «Бараммыт, норуот аатыттан аһарыаҕыҥ, – дэһэллэр. – Израиль аата аны хаһан да ахтыллыбатын!» 6 Биир санаанан киксэннэр, Эйигин утары сөбүлэһии түһэрсибиттэр: 7 Едом норуота, Измаиль дьоно, Моав уонна агаряннар, 8 Гевал, Аммон уонна Амалик, Филистина уонна Тир олохтоохторо; 9 Ассирия эмиэ, кинилэргэ холбоһон, Лот уолаттарын тутаах күүстэринэн буолбут. Села 10 Айыы Таҥара, Эн Мадиам дьонугар уонна Сисаралаах Иавиҥҥа Киссон үрүйэтин үрдүгэр хайдах сыһыаннаспыккыный да, баларга эмиэ соннук сыһыаннас; 11 олор, Аендорга сууһарыллан, сир уоҕурдуута буолбуттара. 12 Эн балар кинээстэригэр, Оривка уонна Зивка курдук, баһылыктарыгар, Зевейдээх Салмаҥҥа курдук сыһыаннас; 13 олор эмиэ тыыннаахтарыгар: «Баран, Таҥара сирин-уотун былдьааммыт, бэйэбит бас билиэҕиҥ», – дииллэрэ. 14 Айыы Таҥарам, Эн кинилэри буор холорук оҥортоо, соломо гынан, тыалга ыһаттаа. 15 Уот ойууру сииринии, төлөн хайаны хаарыйарыныы, 16 буркуҥҥунан кинилэри сойуолаа, холоруккунан уолуталаа. 17 Эн ааккын билинэллэрин туһугар, Айыы Тойон, кинилэри сир-буор сирэйдээ. 18 Саакка баран, үйэлэр тухары кутталтан көммөтүннэр, ааттара-суоллара баранан өллүннэр. 19 Биллиннэр кинилэр: Эн эрэ бааргын Айыы Тойон диэн ааттаах, бүтүн сир үрдүнэн турар Үрдүктэн Үрдүк. |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia