Саалтыр 81 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Асаф псалома. 1 Асаф псалома. Таҥара таҥаралар ортолоругар турбута, Кини таҥаралары хоруйга тарпыта: 2 «Хаһааҥҥа диэри эһиги кырдьыгы токурутан дьүүллүүгүт, хара дьайдаахтары өрө тутаҕыт? Села 3 Дьадаҥы, тулаайах дьыалатын эһиги быһаарыҥ, баттаммыт-үктэммит, кыһалҕалаах кырдьыгын таһаарыҥ. 4 Өрүһүйэр буолуҥ дьадаҥыны, кыһалҕалааҕы, хара дьайдаахтар илиилэриттэн кинилэри былдьаан ылыҥ». 5 Тугу да билбэттэр, өйдөөбөттөр бу таҥаралар, хараҥаҕа муна-тэнэ сылдьаллар; сир төрдө барыта тулхадыйбыт. 6 «Мин этэбин: „Эһиги – таҥараларгыт, Үрдүктэн Үрдүк уолаттараҕыт – бука барыгыт. 7 Ол эрээри, дьон курдук эһиги эмиэ өлүөххүт, хайа да тойон курдук охтуоххут“». 8 Оо, тур, Айыы Таҥара, сири дьүүллээ, Эн бары норуоттары бас билэҕин! |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia