Саалтыр 80 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Хуор салайааччытыгар. Геф куорат инструменын доҕуһуолунан. Асаф псалома. 2 Үөрүүлээх ырыаны ыллааҥ Таҥараҕа, биһиги күүспүтүгэр; уруй-айхал этиҥ Иаков Таҥаратыгар. 3 Ырыаҕытын саҕалааҥ, тимпаҥҥытын охсуолааҥ, кэрэ дорҕоонноох лираҕа уонна арфаҕа оонньооҥ; 4 турбаҕытын үрүҥ саҥа ый тахсыыта, ый туолуута, биһиги дьоро күммүтүгэр; 5 бу Израильга анаммыт сокуон, Иаков Таҥаратын ыйааҕа. 6 Таҥара маны, Иосифка анаан, кини Египеттэн тахсыбытын туоһулаан уураахтаабыта. Мин урут билбэт куоласпын иһиттим: 7 «Эн санныгыттан Мин ыар сүгэһэри түһэрбитим, Эн илиигин тымтайтан босхолообутум. 8 Үтүргэҥҥэ түбэһэн Миигин ыҥырбыккар, Мин эйигин өрүһүйэн ылбытым; этиҥнээх былыт иһиттэн эйиэхэ хардарбытым, Мерива уутун таһыгар эйигин тургуппутум. Села 9 Иһит эрэ, норуотум, Мин эйигин сэрэтэрбин; оо, Израиль, арай эн Миигин истэриҥ эбитэ буоллар! 10 Суох буолуохтун эйиэхэ атын таҥара, сүгүрүйүмэ туора дойду таҥаратыгар. 11 Мин эйигин Египет сириттэн таһаарбыт Айыы Тойон Таҥараҥ буолабын. Айаххын ат – Мин эйиэхэ толору ас уган биэриэм. 12 Ол эрэн норуотум Миигин истибэтэҕэ, Израиль Миэхэ бас бэриммэтэҕэ. 13 Онон, баҕарбыттарынан сырыттыннар диэн, Мин кинилэри өһөс сүрэхтэрин көҥүлүнэн ыыппытым. 14 Оо, арай онно норуотум Миигин истэн, Израиль Мин суолбунан барбыт буоллун! 15 Түргэнник да оччоҕо кини өстөөхтөрүн сыһытыам этэ, кинини күөмчүлээччилэри уодьуганныы тардыам этэ! 16 Оччоҕо Айыы Тойону абааһы көрөөччүлэр кинилэргэ илин-кэлин түһэр буолуо этилэр; норуотум соргулаах олоҕо хаһан да огдолуйуо суоҕа этэ. 17 Мин кинилэри бастыҥ сэлиэһинэй бурдугунан аһатыам, очуос хайа мүөтүнэн дуоһутуом этэ». |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia