Саалтыр 66 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Хуор салайааччытыгар. Устурууналаах инструмент доҕуһуолунан. Псалом. Ырыа. 2-3 Айыы Таҥара, сиргэ Эн суолгун билэллэрин, бары норуоттар Эн быыһыыргын көрөллөрүн туһугар, Эн бигэ тапталыҥ, Эн алгыһыҥ биһигини арыаллыахтын, Эн сирэйиҥ сырдыга биһиэхэ сыдьаайыахтын. Села 4 Айхал эттиннэр Эйиэхэ норуоттар, Айыы Таҥара; айхал эттиннэр Эйиэхэ бары норуоттар. 5 Омуктар, үөрэ-көтө, өрөгөй ырыатын ыллаатыннар: Эн норуоттары көнөтүк дьүүллүүгүн, сир омуктарын салайаҕын. Села 6 Айхал эттиннэр Эйиэхэ норуоттар, Айыы Таҥара, Айхал эттиннэр Эйиэхэ бары норуоттар. 7 Сир уйгу-быйаҥын биэрдэ, Таҥара, Айыы Таҥарабыт, биһигини алҕаата. 8 Таҥара алгыһа биһиэхэ тосхойо туруохтун; сир уһуга барыта Киниттэн сүгүрүйэ толлуохтун. |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia