Саалтыр 60 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Хуор салайааччытыгар. Устурууналаах инструмент доҕуһуолунан. Давид псалома. 2 Айыы Таҥара, иһит мин үөгүлүүр саҥабын, болҕой Эйиэхэ үҥэрбин. 3 Санньыар санааттан сүрэҕим айманан, сир уһугуттан Эйигин ыҥырабын. Оо, сирдээн таһаар дуу миигин үөһэ урут кыайан дабайбатах туруук хайабар; 4 Эн буолаҕын эбээт мин суон дурдам, өстөөхтөн быыһанар халыҥ хаххам. 5 Эн Дьиэҕэр мин үйэлэр тухары олоруум, Эн кынатыҥ хаххатыгар хорҕойуум. Села 6 Айыы Таҥара, мин мэктиэ тылбын Эн иһиттиҥ, Эн ааккыттан толлор дьон нэһилиэстибэтин миэхэ биэрдиҥ. 7 Ыраахтааҕы үйэтин уһат; кини олоҕо көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕаныахтын. 8 Үйэлэр тухары кини Таҥара иннигэр сырыттын; Эн бигэ тапталыҥ уонна кырдьыгыҥ кинини араҥаччылыахтыннар. 9 Күн аайы мэктиэ тылбын толорон, мин үйэм тухары Эн ааккар ыллыам. |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia