Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -

Саалтыр 6 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Хуор салайааччытыгар. Аҕыс устурууналаах инструмент доҕуһуолунан. Давид псалома.

2 Айыы Тойон! Абарбыккын аһардан баран, миигин дьарыйаар, уордайбыккын уҕарытан баран, буруйдаар.

3 Абыраа-аһын, Айыы Тойон, сырам-сылбам быһынна; Айыы Тойон, үтүөрт, уҥуоҕум халыр босхо барда.

4 Дууһам миэнэ уолуһуйда; оттон Эн, Айыы Тойон, хаһааҥҥа диэри?

5 Төнүн, Айыы Тойон, мин тыыммын өллөйдөө, көмүскэллээх санааҕыттан миигин быыһаа.

6 Өлбүттэр аны Эйигин өйдөөбөттөр; үтүгэн түгэҕэр ким Эйигин айхаллыаҕай?

7 Өрүтэ тыынарбыттан мин сэниэм эһиннэ; түүн ахсын икки хараҕым уутунан суунабын, сыттыгым, таҥаһым илийиэр диэри ытыыбын.

8 Санаарҕааммын, көмүскэм чөҥөрүйэ уолла, бары өстөөхпүттэн ытааммын, көрөрдүүн мөлтөөтүм.

9 Киэр тэйиҥ миигиттэн бука бары, кэрээннэрин сүтэрбиттэр; мин ытыыр саҥабын Айыы Тойон иһиттэ.

10 Айыы Тойон ааттаһарбын иһиттэ; Айыы Тойон мин үҥэрбин ылыныа.

11 Өстөөхтөрүм бары, сир сирэйдэнэн, өлөр кутталга хам ыллардыннар; чугуйан, атахха биллэрэн, чыпчылыйыах иннинэ саакка бардыннар.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:



ကြော်ငြာတွေ