Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -

Саалтыр 55 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Хуор салайааччытыгар. «Кый ыраах баран чуумпурбут холууп» матыыбынан. Давид ырыата. Филистимляннар кинини Геф куоракка тутан ылбыттарыгар.

2 Абыраа, Айыы Таҥара, киһи мэҥиэстээри хаайар, хас күн аайы үрдүбэр түһэн кыһарыйар.

3 Өстөөхтөрүм күн да аайы тыыннаахтыы ыйыстыах курдуктар; үгүстэр миигин утары өрө турдулар.

4 Оо, Үрдүктэн Үрдүкү, миэхэ куттал суоһаатаҕына, Эйиэхэ мин эрэнэбин.

5 Таҥараҕа – Кини тылыгар айхал этэбин, – Таҥараҕа эрэнэбин, куттаммаппын; муҥур үйэлээх миэхэ тугу оҥоруой?

6 Кинилэр хайа да күн мин этэрбин токурута сатыыллар, куһаҕаны эрэ миэхэ саныыллар.

7 Миигин утары куомсуктаһаллар, саһа сылдьан тыыммар тиийээри, хас хардыыбын манаһаллар.

8 Ама иэстэбилтэн куотуохтара дуо маннык хара дьайдаахтар? Айыы Таҥара, уордайан, норуоттары сууһартаа.

9 Мин атах балай сырыым барыта Эйиэхэ ааҕыллан турар; көмүскэм уутун эмиэ иһиккэр кутан ис, – ити барыта Эн кинигэҕэр бэлиэтэммитэ буолбаат?

10 Эйигин ыҥырдым да, өстөөхтөрүм чугуйан бараллар. Таҥара мин диэки, ону мин билэбин.

11 Таҥараҕа – Кини тылын айхаллыыбын, Айыы Тойоҥҥо – Кини тылын уруйдуубун, –

12 Таҥараҕа мин эрэнэбин, куттаммаппын; киһи миэхэ тугу оҥоруой?

13 Андаҕарбын мин толоруох тустаахпын, Айыы Таҥара; мин Эйиэхэ махтал сиэртибэтин биэриэм.

14 Мин өрүү Таҥара аттыгар, олох сырдыгар, сылдьарым туһугар, Эн дууһабын өлөртөн өрүһүйдүҥ, бүдүрүйэн эрдэхпинэ миигин өйөөтүҥ.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:



ကြော်ငြာတွေ