Саалтыр 53 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Хуор салайааччытыгар. Устурууналаах инструмент доҕуһуолунан. Давид үөрэтиитэ. 2 Зифейдэр Саулга кэлэн «Давид биһиэхэ саһан сылдьар эбит буолбат дуо?» диэбиттэригэр. 3 Айыы Таҥара, Бэйэҥ ааккынан миигин быыһаа, модун кыаххынан мин кырдьыкпын таһаар. 4 Айыы Таҥара, иһит мин үҥэрбин, болҕой Эйиэхэ этэрбин. 5 Туора дьон миигин утары өрө турдулар, күүстээхтэр мин дууһабар суудайдылар; кинилэр иннилэригэр Таҥараны көрбөттөр. Села 6 Ол эрэн миэхэ Таҥара көмөлөһөр, Айыы Тойон мин куппун-сүрбүн бөҕөргөтөр. 7 Өстөөхтөрүм өһүөннэрин Кини иэстиэҕэ; Эн кинилэри кырдьыгыҥ күүһүнэн имири эс. 8 Ис сүрэхпиттэн мин Эйиэхэ сиэртибэ биэриэм, Эн үтүөкэннээх ааккын, Айыы Тойон, албан аатырдыам. 9 Эн миигин бары иэдээнтэн өрүһүйдүҥ, онон мин өстөөхтөрбүн өрөгөйдүү көрдүм. |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia