Саалтыр 42 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Дьүүллээ миигин, Айыы Таҥара, кырдьыкпын таһааран; көмүскээ Таҥараны билиммэт норуоттан, өрүһүй албын-көлдьүн, уодаһыннаах киһиттэн. 2 Эн буолбаккыан мин дурда-хахха туттар Таҥарам? Уонна дьэ тоҕо миигин туора анньаҕын? Тоҕо мин, өстөөххө баттатан, харааста сылдьабын? 3 Оо, Бэйэҥ сырдыккын, кырдьыккын миэхэ ыыт; кинилэр миигин сирдээтиннэр, Эн сибэтиэй хайаҕар, Эн олорор сиргэр тиэртиннэр. 4 Оччоҕо мин Таҥара сиэртибэнньигэр, дьолум-үөрүүм Таҥаратыгар тиийиэҕим, арфаны дьүрүһүтэн, Эйигин айхаллыаҕым, Айыы Таҥара, мин Таҥарам. 5 Тоҕо санньыйаҕын, дууһам миэнэ? Тоҕо айманаҕын? Таҥараҕа эн эрэн; мин өссө да Кинини айхаллыаҕым, Быыһааччыбын, Таҥарабын. |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia