Саалтыр 31 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Давид үөрэтиитэ. 1 Давид үөрэтиитэ. Ким буруйа-сэмэтэ бырастыы гыныллыбыт, аньыыта-харата суола суох сотуллубут, ол дьоллоох. 2 Ким Айыы Тойон иннигэр аньыыта аахсыллыбатах, албыны ис тыыныгар киллэрбэтэх, ол дьоллоох. 3 Тылбыттан матан саҥата суох сылдьарым саҕана уһун күнү быһа ынчыктыырбыттан уҥуоҕум улугурбута. 4 Эн ыар илиигиттэн күннэри-түүннэри эрэйдэммитим, чэгиэн бэйэм, сайыҥҥы курааҥҥа курдук, кэхтибитим. Села 5 Дьэ онтон мин аньыыбын Эйиэхэ этиммитим, хара дьайыыбын Эйигиттэн кистээбэтэҕим. «Буруйбун Айыы Тойоҥҥо билиниэм», – диэбитим, ол иһин аньыым буруйун Эн бырастыы гыммытыҥ. Села 6 Онон хас биирдии бэриниилээх киһи тоҕоостоох кэмигэр Эйиэхэ үҥүөҕэ, оччоҕо халаан уутунуу анньан кэлэр аан алдьархай кини олоҕор ааҥныа суоҕа. 7 Эн миэхэ халыҥ хаххам буолаҕын; Эн миигин алдьархайтан харыстыыгын, өрүһүллүү ырыатынан тулалыыгын. Села 8 «Мин эйигин өйдөтүөм, барыахтаах суолгар үөрэтиэм; хараҕым далыгар илдьэ сылдьан сүбэлиэм. 9 Уостуганнаах үүн эрэ сыһытар кыахтаах хаҥыл атын, биитэр өһөс оселун курдук өйө суох буолумаҥ; олору онтон атыннык сыһыппаккын». 10 Хара дьайдаах киһи эрэйэ-буруйа хаҥыыр, оттон Айыы Тойоҥҥо эрэнээччини бигэ таптал харыстыыр. 11 Өрө көтөҕүллүҥ Айыы Тойонтон, үөрүҥ, кырдьыктаахтар; өрөгөйдөөҥ бука бары, көнө сүрэхтээхтэр. |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia