Саалтыр 29 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Давид псалома. Храм сибэтии буолбут күнүгэр ылламмыт ырыа. 2 Уруйдуом Эйигин, Айыы Тойон, миигин өрүһүйбүтүҥ иһин, өстөөхтөрбүн үрдүбэр үҥкүүлэппэтэҕиҥ иһин. 3 Айыы Тойон Таҥарам, Эйигиттэн көмө көрдөөбүппэр, Эн миигин үтүөртүҥ; 4 Айыы Тойон, мин дууһабын Эн үтүгэн түгэҕиттэн таһаардыҥ, ииҥҥэ түспэтим туһугар, миигин тыыннаах хааллардыҥ. 5 Ыллааҥ Айыы Тойоҥҥо, итэҕэллээх дьоно, айхаллааҥ Кини сибэтиэй аатын. 6 Кини чыпчылҕан эрэ түгэнэ уордайар уонна олоҕуҥ тухары үтүөтүк сыһыаннаһар. Киэһэ ытабыл-соҥобул иһиллэр, оттон сарсыарда үөрүү ыаллаһар. 7 Кыһалҕаны билэ иликпинэ: «Хаһан да халбаҥныам суоҕа!» – диирим. 8 Айыы Тойон, Эн миэхэ үтүөтүк сыһыаннаһаҥҥын, миигин таас хайалыы бигэ оҥорбутуҥ; онтон хайа күн миигиттэн киэр хайыспыккар мин аймаһыйа түспүтүм. 9 Эйигин, Айыы Тойон, ыҥырбытым, Айыы Тойонтон ааттаспытым: 10 «Туох туһалаах буолуой мин өлөрүм, мин иин түгэҕэр түһэрим? Иин куоппаһа Эйигин айхаллыа дуо? Кини Эн кырдьыккын иһитиннэриэ дуо? 11 Иһит, Айыы Тойон, миигин аһын-харыһый, Айыы Тойон, миэхэ көмөлөс». 12 Мин санаарҕабылбын Эн үөрүүгэ кубулуттуҥ, кутурҕан таҥаһын миигиттэн устаҥҥын, дьол-соргу курунан миигин куустардыҥ; 13 айхаллыа мин дууһам Эйигин, уурайыа суоҕа; Айыы Тойон Таҥарам, үйэм тухары Эйигин уруйдуоҕум. |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia