Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -

Саалтыр 20 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Хуор салайааччытыгар. Давид псалома.

2 Айыы Тойон, Эйигиттэн күүс ылан, ыраахтааҕы үөрэр, Эн көмөлөһөҥҥүн, кини үөрүүтэ муҥура суох.

3 Сүрэҕэ баҕарбытын Эн киниэхэ биэрдиҥ, кини көрдөспүтүн ылынныҥ. Села

4 Үтүө алгыһынан Эн кинини көрүстүҥ, ыраас кыһыл көмүс хоруонаны төбөтүгэр кэтэртиҥ.

5 Эйигиттэн олоҕу көрдөөбүтэ – Эн киниэхэ үйэлэри уҥуордуур олоҕу биэрдиҥ.

6 Өрүһүйэн ылаҥҥын, сүдү килбиэҥҥэ тиксэрдиҥ, үрдүк чиэскэ, улуу аакка тириэртиҥ.

7 Үллэр үйэлэргэ Эн кинини алҕаатыҥ, Бэйэҥ иннигэр туруоран, сүрэҕин үөртүҥ.

8 Ыраахтааҕы Айыы Тойоҥҥо эрэнэр, Үрдүктэн Үрдүк үтүөтүнэн кини тулхадыйбат.

9 Эн илииҥ өстөөххүн барытын булуоҕа, Эн уҥа илииҥ Эйигин абааһы көрөөччүлэри булуоҕа.

10 Абаран-сатаран көстүөҥ эрэ кэрэх, күлүбүрүү умайар оһох курдук буолуохтара; Айыы Тойон, уордайан, кинилэри суох оҥортуоҕа – кинилэри уот мэҥиэстиэҕэ.

11 Имири эһиэҕиҥ Эн кинилэр оҕолорун сир сирэйиттэн, удьуордарын – киһи аймахтан.

12 Эйигин утары куомуннастахтарына, хара дьайдаах суолга сананнахтарына, соруктарын ситиэхтэрэ суоҕа.

13 Эн кинилэри үрүө-тараа ыһаттыаҥ, ох сааҥ охторунан сирэйгэ ытыалыаҥ.

14 Үрдээ, Айыы Тойон, сүдү күүскүнэн! Эн улуу кыаххын биһиги уруйдаан ыллыахпыт.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:



ကြော်ငြာတွေ