Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -

Саалтыр 150 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Аллилуия. Айхаллааҥ Таҥараны Кини сибэтиэй Дьиэтигэр; айхаллааҥ Кини күүһүн кэрэһилиир киэҥ халлааныгар.

2 Айхаллааҥ Кинини улуу дьайыыларын иһин; айхаллааҥ сүдү килбиэнин кэриҥинэн.

3 Айхаллааҥ Кинини турба тыаһынан, айхаллааҥ арфа, лира доҕуһуолунан.

4 Айхаллааҥ Кинини тимпаннаах үҥкүүнэн; айхаллааҥ, устуруунаны тардан, флейтаны үрэн.

5 Айхаллааҥ Кинини лыҥкынас кимвалларынан, айхаллааҥ киҥкинэс кимвалларынан.

6 Айыы Тойону айхаллыахтын тыынар тыыннаах барыта. Аллилуия.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:



ကြော်ငြာတွေ