Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -

Саалтыр 15 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


1 Давид ырыата.

1 Давид ырыата. Араҥаччылаа миигин, Айыы Таҥара, Эйиэхэ мин эрэнэбин.

2 Айыы Тойоҥҥо этэбин: «Эн буолаҕын мин Айыы Тойонум, Эйигиттэн тэйэ сылдьан, туох да үчүгэйи көрбөппүн».

3 Сиргэ баар сибэтиэйдэргэ, кэрэ-бэлиэ дьоҥҥо – кинилэргэ мин сүрэҕим курдаттыы тардыһар.

4 Туора таҥараҕа сүгүрүйээччилэр эрэйдэрин бэйэлэрэ үксэтэллэр; мин кинилэри кытта кэрэх хаанын тоҕуом суоҕа, кинилэр таҥараларын ааттарын да ааттыам суоҕа.

5 Айыы Тойон – мин аналым, мин дьылҕам; Эн илиигэр баар инники олоҕум.

6 Өлбүгэ сирим быата үтүөкэн сирдэринэн түстэ, тиксибит нэһилиэстибэм сүрэхпин үөртэ.

7 Миигин сүбэлиир-амалыыр Айыы Тойону мин алгыам; бэл түүнүн сүрэҕим миигин ыйан-кэрдэн үөрэтэр.

8 Иннибэр мин өрүүтүн Айыы Тойону көрөрүм; Кини мин уҥа өттүбэр сылдьар, онон тулхадыйыам суоҕа.

9 Ол иһин сүрэҕим үөрэр, дууһам өрөгөйдүүр, ол иһин бүтүн бэйэм бөҕөхпүн.

10 Мин дууһабын Эн үтүгэн түгэҕэр хаалларыаҥ суоҕа, итэҕэллээх киһигин ииҥҥэ симэлитиэҥ суоҕа.

11 Олох суолун Эн миэхэ ыйан биэриэҕиҥ: Эйигин кытта сылдьан, мин толору үөрүүнү билиэҕим; Эн уҥа илиигэр баар уостубат дьол-соргу.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:



ကြော်ငြာတွေ