Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -

Саалтыр 142 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


1 Давид псалома.

1 Давид псалома. Айыы Тойон, иһит мин Эйиэхэ үҥэрбин, болҕой ааттаһар саҥабын, эрэбиллээх, кырдьыктаах Бэйэҥ миэхэ хардар.

2 Кулуккун дьүүлгэ тардыма: ким да суох бу сиргэ Эн иннигэр буруйа суох.

3 Өстөөх, миигин сонордоон, сиргэ-буорга тэпсэн эрэр, былыр өлбүт дьоннуу им балайга олордор.

4 Онтон мин санаам түһэр, сүрэҕим айманар.

5 Былыргы күннэри мин өйдөөн кэлэбин; Эн дьайыыларгын анааран, биһиэхэ тугу оҥорбуккун барытын эргитэ саныыбын.

6 Эйиэхэ мин икки илиибин өрө уунабын; дууһам куура хаппыт сир курдук, Эйигин кэтэһэр. Села

7 Оо, хардара оҕус миэхэ, Айыы Тойон, мин тыыным-быарым кылгаата; миигиттэн киэр хайыһыма, Эн киэр хайыстаххына, мин бэйэбин өлбүттүү сананыаҕым.

8 Сарсыарда эрдэттэн иһитиннэр миэхэ бигэ тапталгын, Эйиэхэ мин эрэнэбин. Ыйан биэр дуу хайа суолунан барарбын – дууһам Эйиэхэ үөһэ дьулуһар.

9 Өстөөхтөрбүттэн миигин өрүһүй, Айыы Тойон, – мин Эйиэхэ көмө көрдөһө кэллим.

10 Көҥүлгүн толорорго миигин үөрэт, Эн буолаҕын мин Таҥарам. Эн үтүө Тыыныҥ миигин дэхси суолунан сирдээтин.

11 Бэйэҥ аатыҥ туһугар, Айыы Тойон, олохпун быыһаа, кырдьыктаах көмөҕүнэн кыһалҕаттан таһаар.

12 Көмүскэллээх санааҕыттан өстөөхтөрбүн имири эс, мин дууһабын абааһы көрөөччүлэри суох оҥортоо; Эн кулутуҥ буолабын эбээт мин.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:



ကြော်ငြာတွေ