Саалтыр 14 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Давид псалома. 1 Давид псалома. Айыы Тойон, ким олорор кыахтааҕый Эн ытык Отуугар? Ким олохсуйар кыахтааҕый Эн сибэтиэй хайаҕар? 2 Эҥкилэ суох көнө суоллаах, кырдьыгы тутуһар, дьиҥи эрэ ис сүрэҕиттэн этэр, 3 кими да баһааҕырдан саҥарбат, доҕотторугар куһаҕаны оҥорбот, ыалын утары хобу-сиби ылыммат киһи; 4 Таҥараны кэлэппиттэри кэлэйэ көрөр, Айыы Тойонтон куттанааччылары өрө тутар, андаҕарын, ыараханын да иһин, кэспэт, 5 харчытын бырыһыаҥҥа иэс биэрбэт, буруйа суоҕу холуннарарга бэрик ылбат киһи. Маннык быһыылаах киһи хаһан да тулхадыйыа суоҕа. |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia