Саалтыр 129 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Дабайыы ырыата. 1 Дабайыы ырыата. Муҥур уһук дириҥ түгэҕиттэн Эйигин ыҥырабын, Айыы Тойон. 2 Оо, Айыы Тойон, иһит мин саҥабын, болҕой мин ааттаһарбын. 3 Айыы Тойон, Эн буруйу-сэмэни бэлиэтээн истэххинэ, ким ону тулуйуой, Айыы Тойон? 4 Ол эрэн, Эйигин дириҥник ытыктыылларын туһугар, Эн буруйу бырастыы гынаҕын. 5 Айыы Тойону мин кэтэһэбин, дууһам Кинини кэтэһэр, Кини тылыгар мин эрэнэбин; 6 харабыл сарсыарданы күүтэринээҕэр, харабыл халлаан сырдыырын кэтэһэринээҕэр, мин дууһам Айыы Тойону ордук кэтэһэр. 7 Израиль, Айыы Тойоҥҥо эн эрэн; Айыы Тойон бигэ тапталлаах, Кини эйигин толуйар улуу кыахтаах. 8 Кини Израилы толуйан ылыаҕа, бары аньыытыттан-буруйуттан быыһыаҕа. |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia