Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -

Саалтыр 126 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


1 Дабайыы ырыата. Соломон псалома.

1 Дабайыы ырыата. Соломон псалома. Айыы Тойон дьиэни тутуспат буоллаҕына, тутааччылар ону дьүгээр туталлар. Айыы Тойон куораты харыстаабат буоллаҕына, харабыллар ону халтайга манаан тураллар.

2 Халтайга эһиги эрдэ тураҕыт, хойукка диэри олороҕут, хараастан олорон аһыыгыт; Кини таптыыр киһитигэр утуйар ууну биэрэр.

3 Оҕо – Айыы Тойон аныыр бэлэҕэ; оҕо – Кини биэрэр наҕараадата.

4 Сэрииһит тутан турар оноҕосторо – аҕа эдэр сааһыгар төрөппүт уолаттара.

5 Ким саадаҕар толору оноҕостоох, ол дьоллоох. Куорат ааныгар утарсааччыларын кытта кэпсэтэригэр, кини кыбыстыыга киириэ суоҕа.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:



ကြော်ငြာတွေ