Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -

Саалтыр 124 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


1 Дабайыы ырыата.

1 Дабайыы ырыата. Айыы Тойоҥҥо эрэнэр киһи Сион хайаҕа холоонноох, кини хаһан да тулхадыйбат, үйэлэр тухары олорор.

2 Иерусалимы хайалар хаххалыылларыныы, аны мантан ыла үйэлэр тухары Айыы Тойон норуотун хаххалыыр.

3 Көнө дьон буруйу оҥорорго күһэллибэттэрин туһугар, кинилэр өлбүгэ сирдэрин Кини нэгэйдэргэ өрүү бас биллэриэ суоҕа.

4 Үтүөнү оҥор, Айыы Тойон, үтүө сүрэхтээхтэргэ, көнө өйдөөхтөргө;

5 оттон бэйэлэрин токур суолларыгар туорааччылары Айыы Тойон хара дьайдаахтардыын биир дьылҕалыаҕа. Израильга эйэ чэчирээтин!

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:



ကြော်ငြာတွေ