Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -

Саалтыр 121 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


1 Дабайыы ырыата. Давид псалома.

1 Дабайыы ырыата. Давид псалома. Оо, онно мин үөрбүппүн эриэхсит – Айыы Тойон Дьиэтигэр барыахха диэбиттэригэр!

2 Дьэ, бу кэлэн турабыт, Иерусалим, эн олбуоруҥ ааныгар.

3 Иерусалим – биир ньыгыл сомоҕо буолардыы тутуллан тахсыбыт куорат.

4 Аҕа уустара, Айыы Тойон норуотун аҕаларын уустара, Израиль сокуонунан, Айыы Тойон аатын айхаллыы, хайаны дабайан, бу куоракка кэлэллэр.

5 Манна бааллар дьүүллүүр бүрүстүөллэр, Давид дьиэтин бүрүстүөллэрэ.

6 Эйэтэ көрдөһүҥ Иерусалимҥа: «Дьол-соргу тосхойдун Эйигин таптыыр дьоҥҥо!

7 Эн эркиннэргиттэн эйэ тэйбэтин, эн кириэппэстэргэр куттал суоһаабатын».

8 Аймах-билэ дьонум, доҕотторум тустарыгар этэбин: «Эйиэхэ эйэ чэчирээтин!»

9 Айыы Тойон Таҥарабыт Дьиэтин туһугар мин эйиэхэ үтүөнү баҕарабын.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:



ကြော်ငြာတွေ