Саалтыр 114 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Айыы Тойону таптыыбын – Кини мин саҥабын, мин ааттабылбын истэрин иһин. 2 Мин этэрбин Кини болҕойон иһиттэ, онон мин олоҕум устата Кинини ыҥырар буолуом. 3 Өлөр өлүү ситимигэр иҥнэммин, үтүгэн түгэҕин үлүгэригэр түбэһэммин, мин муҥу-сору көрбүтүм, муҥур уһукка түспүтүм. 4 Онно Айыы Тойон аатын ыҥырбытым, «Оо, Айыы Тойон, олохпун өрүһүй!» – диэбитим. 5 Айыы Тойон аһыныгас сүрэхтээх, кырдьыктаах, биһиги Таҥарабыт амарах санаалаах. 6 Айыы Тойон кэнэннэри харыстыыр: Кини миигин, күүһүм эстибитигэр, быыһаан ылла. 7 Дууһам миэнэ, уоскулаҥҥар төнүн, Айыы Тойон эйиэхэ үтүөнү оҥордо. 8 Эн өрүһүйдүҥ мин дууһабын өлүүттэн, харахпын – харах уутуттан, атахпын – бүдүрүйэртэн. 9 Онон мин бу тыыннаахтар сирдэригэр Айыы Тойон иннигэр сылдьыаҕым. |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia