Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -

Саалтыр 109 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


1 Давид псалома.

1 Давид псалома. Айыы Тойон мин Тойоммор эппитэ: «Өстөөхтөргүн, үктэл оҥостон олорор гына, Эйиэхэ самнаран биэриэхпэр диэри, Мин уҥа өттүбэр олор».

2 Айыы Тойон улуу былааһы эйиэхэ биэриэҕэ Сион тас да өттүгэр. Баһылык буол өстөөхтөрүҥ ортолоругар.

3 Эн күүскүн көрдөрөр күҥҥэр норуотуҥ бэлэм буолла сибэтиэй килбиэн күөнүгэр. Сарсыарда иһиттэн сиик түһэрин курдук Эн төрөөбүтүҥ.

4 Айыы Тойон андаҕайан эппитэ, Кини ону кэмсиниэ суоҕа: «Эн Мелхиседек чыынынан үйэлэр тухары Таҥара үлэһитэҕин».

5 Айыы Тойон Эн уҥа өттүгэр сылдьар; Кини уордайар күнүгэр ыраахтааҕылары самнарыа.

6 Норуоттары дьүүлгэ туруоран, кыргыс толоонун өлүгүнэн толоруо, киэҥ сир баһылыктарын сууһарыа.

7 Кини, айаннаан иһэн, үрүйэ уутуттан иһиэҕэ, онон төбөтүн өрө көтөҕүөҕэ.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:



ကြော်ငြာတွေ