Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -

Колосс христианнарыгар 4 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Тойоттор, эһиги халлааҥҥа Тойоннооххутун билэ сылдьан, кулуттаргытыгар эмиэ сиэрдээхтик, кырдьыктаахтык сыһыаннаһыҥ.


Ыйыы-кэрдии

2 Үҥэргитигэр өрүү махтанан туран, тиһигин быспакка сэргэхтик үҥэр буолуҥ.

3 Христос кистэлэҥин бар дьоҥҥо иһитиннэрэр кыахтанарбытыгар, этэр тылбытыгар Таҥара ааны тэлэччи аһан биэрэрин көрдөһөн, биһиги туспутугар эмиэ үҥэ сылдьыҥ. Бу туһугар үлэлээбитим-хамнаабытым иһин, мин билигин хаайыллан сытабын;

4 онон бу кистэлэҥи, Таҥара тыла хайдах иһитиннэриллиэхтээҕин курдук, арыйарым туһугар, үҥэ-көрдөһө сылдьыҥ.

5 Итэҕэйбэт дьоҥҥо муударайдык, тоҕоостоох түгэни табатык туһанан сыһыаннаһыҥ.

6 Хас биирдии киһиэхэ хайдах хоруйдууру билэр туһугар, этэр тылгыт өрүүтүн ис киирбэх, бэргэн буоллун.


Түмүк эҕэрдэлэр

7 Эһиэхэ мин туспунан барытын таптыыр бырааппыт, эрэллээх үлэһиппит, Айыы Тойоҥҥо бииргэ сулууспалыыр доҕорбут Тихик кэпсиэҕэ.

8 Эһиги хайдах быһыыга-майгыга олороргутун тиийэн биллин, санааҕытын көтөхтүн диэн, кинини эһиэхэ ыытан эрэбин.

9 Эһигиттэн кэлэ сылдьар таптыыр бырааппытын эрэллээх Онисимы кинини кытта бииргэ ыытабын. Маннааҕыны барытын эһиэхэ кинилэр кэпсиэхтэрэ.

10 Миигин кытары бииргэ хааллан сытар Аристарх эһиэхэ эҕэрдэтин ыытар; Варнава сиэн быраата Марк эмиэ эһигини эҕэрдэлиир (кини туһунан эһиэхэ дьаһал тиийэн турар; эһиэхэ кэллэҕинэ, үчүгэйдик көрсөөрүҥ).

11 Иуст диэн ааттаах Иисус эмиэ эҕэрдэ ыытар. Иудейдартан бу кинилэр эрэ, миигинниин бииргэ Таҥара Саарыстыбатын туһугар сулууспалааннар, миэхэ улахан өйөбүл буолаллар.

12 Эһиэннэриттэн Епафрас, Иисус Христос кулута, эһиэхэ эҕэрдэтин ыытар. Эһиги бары өттүнэн ситэн-хотон, Таҥара көҥүлүн хото толорор дьон буолан, сүһүөххүтүгэр бигэтик тураргыт туһугар, кини өрүү туруулаһан туран үҥэр.

13 Эһиги итиэннэ Лаодикиялаах Иерапольга олорооччулар тустарыгар кини хайдах курдук кыһалларын-мүһэллэрин туоһута мин буолабын.

14 Эһиэхэ таптыыр эмчиппит Лука эҕэрдэтин ыытар; Димастан эмиэ эҕэрдэтэ тутуҥ.

15 Лаодикияҕа баар бырааттарбытыгар, Нимфаҥҥа уонна кини дьиэтээҕи сиэркэбигэр эҕэрдэтэ тиэрдиҥ.

16 Бу суругу аахтаххытына, Лаодикия сиэркэбигэр эмиэ аахтараарыҥ, оттон Лаодикияттан кэлбити эһиги эмиэ ааҕаарыҥ.

17 Архипка: «Кытаат, Айыы Тойонтон ылбыт соруккун толор», – диэн этиҥ.

18 Аны бу бэйэм суруйан эрэбин: Павелтан эҕэрдэ. Хаайыыга сытарбын өйдүү сылдьыҥ. Таҥара илгэлээх үтүөтэ эһигинниин бука барыгытыныын эҥээрдэһиэхтин. Аминь.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:



ကြော်ငြာတွေ