Колосс христианнарыгар 3 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Онон өскөтүн эһиги, Христоһу кытта бииргэ тиллибит буоллаххытына, үрдүккэ – Таҥара уҥа өттүгэр олорор Христос Халлааныгар – дьулуһуҥ; 2 өйгүт-санааҕыт сирдээҕигэ буолбакка, үөһээҥҥигэ туһуланнын. 3 Эһиги өлбүккүт, онон олорор олоххут эмиэ Кинини кытары бииргэ Таҥараҕа кистэммитэ. 4 Эһиги олоххут – Христос – көһүннэҕинэ, эһиги эмиэ Кинини кытта бииргэ килбиэннээх сырдыкка көстүөххүт. Эргэ киһи уонна саҥа киһи 5 Онон, сирдээҕи аньыылаах өрүттэргитин: содур, кирдээх быһыыны, бары имэҥи-кыдьыгы, куһаҕан баҕа санааны уонна идэмэрдээх буолууну (ол эмэгэккэ сүгүрүйүүгэ холоонноох) – барытын өһөрүҥ. 6 Итинниги тутуһан олорор бас бэриммэт дьоҥҥо Таҥара уора-кылына түһүөҕэ. 7 Хаһааҥҥыта эрэ эһиги эмиэ кинилэр курдук олорор эрдэххитинэ, итинтэн туох да атына суох быһыыланаргыт. 8 Оттон билигин барытын: киҥи-наары, кырыгы, өһүөннээх санааны, үөхсүүнү, быдьар тыллаһыыны хааллараҥҥыт, 9 эргэ киһи киэбин бары кэмэлдьилэри-быһыылары устан быраҕаҥҥыт, бэйэ-бэйэҕитигэр сымыйалаабакка, 10 Айбытын уобараһыгар улам маарыннаан, күнтэн күн саҥардыллан, Таҥараны улам билэн иһэр саҥа киһи буолуҥ. 11 Аны манна грек, иудей, быһыллыбыт-быһыллыбатах, варвар, скиф, кулут, көҥүл буолуу туох да суолтата суох, арай Христос эрэ суолталаах, Христос барытыгар баар. 12 Онон эһиги, Таҥара талбыт сибэтиэй, тапталлаах дьоно, амарах майгыланыҥ, үтүө санааланыҥ, сэмэй, көрсүө, тулуурдаах буолуҥ. 13 Бэйэ-бэйэҕитин тулуйсуҥ, хайаҕыт эмэ кимиэхэ эмэ хоргуппуттаах да буоллаҕына, бырастыы гынсыҥ: Христос эһигини хайдах бырастыы гыммытай да, эһиги эмиэ ол курдук бырастыы гыныҥ. 14 Итиэннэ туохтааҕар да бу этиллибит өрүттэри барытын ситимниир, ситэрэн биэрэр тапталга дьулуһуҥ. 15 Сүрэххитигэр Таҥара биэрэр эйэтэ толору баһылаатын – Кини эһигини биир Эт-сиин оҥорон эйэлээх буоларга ыҥырбыта. Киниэхэ куруук махтана сылдьыҥ. 16 Христос тыла бары муудараһы кытта бииргэ эһиги сүрэххитигэр өлгөмнүк олохсуйуохтун; псаломнары, айхал ырыаларын, духуобунай гимнэри Айыы Тойоҥҥо ис сүрэххититтэн махтанан туран ыллаан-туойан, бэйэ-бэйэҕитин үөрэтиһэр-өйдөтүһэр буолуҥ. 17 Тугу да гыммыккыт иһин – тылгыт буоллун, дьайыыгыт буоллун – барыта Кининэн Аҕа Таҥараҕа махтанан туран, Айыы Тойон Иисус Христос аатыгар буолуохтаах. Итэҕэйэр дьиэ кэргэн тус сыһыаннаһыыта 18 Дьахталлар, Айыы Тойону итэҕэйэр дьон сиэринэн эргитигэр бас бэриниҥ. 19 Эр дьон, кэргэттэргитин таптааҥ, кинилэргэ дьэбирдик сыһыаннаһымаҥ. 20 Оҕолор, туохха барытыгар төрөппүттэргит тылын истиҥ, истигэн буолуу Айыы Тойону үөрдэр. 21 Аҕалар, оҕолоргутун кыынньаан санааларын түһэримэҥ. 22 Кулуттар, сирдээҕи тойотторгутугар туохха барытыгар бас бэриниҥ, киһиэхэ бэрт буола сатааччылар курдук көрөллөрүгэр эрэ буолбакка, ис сүрэхтэн, Таҥараттан толлон туран, тылларын истиҥ. 23-24 Эһиги Айыы Тойон Христоска сулууспалыыгыт, онон төлөбүрүгэр Айыы Тойонтон нэһилиэстибэ ылыахтааххытын өйдөөн, тугу гынаргытын барытын, дьон туһугар буолбакка, Айыы Тойон туһугар оҥоробут диэн, ис дууһаҕытыттан толоруҥ. 25 Оттон ким кэрээнэ суох быһыыланар – ол сөптөөх хардатын ылыаҕа: Таҥара кырдьыгы тутуһар. |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia