Филимоҥҥа 1 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1-2 Бииргэ сулууспалыыр күндү доҕорбутугар Филимоҥҥа, таптыыр балтыбытыгар Апфияҕа, биир кэккэҕэ туруулаһар бырааппытыгар Архипка уонна эн дьиэҕэр түмсэр сиэркэпкэ бука барыгытыгар – Иисус Христос хаайыылааҕа Павелтан уонна бырааккытыттан Тимофейтан. 3 Эһиэхэ Аҕа Таҥарабытыттан уонна Айыы Тойон Иисус Христостан бары илгэлээх үтүөнү кытта эйэ-ил тосхойо туруохтун! Филимон таптала уонна итэҕэлэ 4-5 Быраатым Филимон, эн Айыы Тойон Иисуска итэҕэлгин, бары сибэтиэйдэргэ тапталгын истэммин, өрүү эйигин өйдөөн-санаан туран үҥэрбэр, Таҥарабар махтанабын; 6 эһиги Христос Иисуһу итэҕэйэн тиксэр бары үтүөҕүтүн дириҥник өйдүүргүтүгэр биһигинниин биир итэҕэлиҥ көмөлөөх буоллун диэн, эн тускар үҥэбин. 7 Бырааппыт, эн амарах тапталыҥ сибэтиэйдэр сүрэхтэрин көнньүөрдүбүтүн көрөн, биһиги муҥура суох үөрдүбүт, санаабыт көтөҕүлүннэ. Онисим туһугар көрдөһүү 8 Дьэ онон, Христоска биир итэҕэллээх быраатым буоларыҥ быһыытынан, миэхэ маннык иэстээххин-күүстээххин диэн харса суох соруйуохпун сөп этэ гынан баран, 9 эйигин таптыыр буоламмын, көрдөһөрбүн ордоробун. Ким да буолбатах, мин, Павел кырдьаҕас, оттон билигин Иисус Христос хаайыылааҕа, 10 бу түрмэҕэ сытар кэммэр миэхэ уолум буолбут Онисим туһугар эйигиттэн көрдөһөбүн: 11 хаһааҥҥыта эрэ кини эйиэхэ туһата суох этэ, оттон билигин хайабытыгар да туһалаах киһи буолла. Кинини эйиэхэ төттөрү ыытан эрэбин, 12 онон бырааккын, мин эйиэхэ сүрэхпин ыыппытым курдук санаан, көрүс. 13 Евангелие иһин хаайыллан сытар кэммэр манна бэйэҥ оннугар туһалатаары, илдьэ хаалыахпын баҕарбытым гынан баран, 14 ону эн сөбүлэҥэ суох быһаарыахпын баҕарбаппын. Үтүөнү оҥорууҥ күһэлэҥ буолбакка, баҕа өттүгүнэн буоллун. 15-16 Баҕар, кэлин кулутуҥ курдук буолбакка, кулуттааҕар үрдэтэн, таптыыр быраатыҥ курдук букатыннаахтык ылынарыҥ туһугар, быстах кэмҥэ кини эйигиттэн тэйитиллэ сылдьыбыта буолуо. Миэхэ кини күндү киһим буолла, оттон эйиэхэ – киһи да быһыытынан, Айыы Тойоҥҥо биир итэҕэллээх быраатыҥ да быһыытынан – өссө ордук күндү буолуохтаах. 17 Онон, миигин Айыы Тойоҥҥо бииргэ сулууспалыыр доҕорум дии саныыр буоллаххына, кинини, миигин бэйэбин көрсөрүҥ курдук, көрүс. 18 Эйигин тугунан эмэ хомоппуттаах биитэр туох эмэ иэстээх буоллаҕына, ону барытын мин иэһим курдук санаа. 19 Бу бэйэм илиибинэн суруйабын: мин, Павел, төлүөҕүм. Эн миэхэ итэҕэл иэстээххин этэ да барбаппын. 20 Онон, быраатым, эйигиттэн Айыы Тойон туһугар, үтүөнү эрэйэрбин көҥүллээ; Айыы Тойон иннигэр сүрэхпин уоскут. 21 Тылбын истэргэр бүк эрэнэн суруйабын; көрдөспүппүн куоһара толороргун билэбин. 22 Итиэннэ тиийэн түһэрбэр бука диэн хосто бэлэмнээр. Таҥара эһиги үҥэргитин истэн, миигин эһиэхэ төнүннэриэ диэн эрэнэ саныыбын. Түмүк эҕэрдэ 23 Христос Иисус туһугар миигинниин бииргэ хаайыллан олорор бырааппыт Епафрас эйиэхэ эҕэрдэтин ыытар; 24 бииргэ сулууспалыыр бырааттарым Марк, Аристарх, Димас, Лука эмиэ эҕэрдэлэрин ыыталлар. 25 Айыы Тойоммут Иисус Христос илгэлээх үтүөтэ эһигинниин эҥээрдэһиэхтин. Аминь. |
© Институт перевода Библии, 2008-2022
Institute for Bible Translation, Russia