Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -

Еврейдэргэ 8 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ


Саҥа сөбүлэһии эргэтээҕэр ордук

1 Онон бу кэпсэтиибит сүрүн суолтата маннык: биһиги Халлааҥҥа улуу бүрүстүөл уҥа өттүгэр олорор, бары кыһалҕабытыгар барытыгар көмөлөһөр Архиерейдаахпыт.

2 Кини Халлааҥҥа баар дьиҥнээх Сибэтиэйтэн Сибэтиэйгэ – дьон туруорбатах, Айыы Тойон Бэйэтэ туруорбут дьиҥ Скиниятыгар – сулууспалыыр.

3 Ханнык баҕарар архиерей бэлэх-туһах, сиэртибэ биэрэр аналлаах, онон Кини эмиэ тугу эрэ сиэртибэ биэриэхтээх этэ.

4 Манна сиргэ хаалбыта эбитэ буоллар, Кини олох да аҕабыыт буолуо суоҕа этэ, тоҕо диэтэххэ, манна, иудей Сокуонун быһыытынан, сиэртибэ биэрэр атын аҕабыыттар бааллар.

5 Моисейга, Скинияны туруорарыгар, «Көр эрэ, барытын, хайаҕа көрбүт холобургун үтүгүннэрэн оҥор» диэн этиллибитин курдук, кинилэр халлааннааҕы омоонун, күлүгүн үтүгүннэрэн үлэлииллэр;

6 оттон Кини туохтан да ордук суоллары эрэннэриигэ тирэҕирэр саҥа сөбүлэһии – саҥа кэс тыл – мэктиэлээччитэ буолан, өссө ордук ытык сулууспаҕа тиксибитэ.

7 Маҥнайгы сөбүлэһии эҥкилэ суоҕа эбитэ буоллар, атын сөбүлэһиини оҥорсор сорук туруо суоҕа этэ.

8 Ол иһин пророк кинилэри хомуруйан этэр: «Көр бу, Израиль норуотун, Иуда норуотун кытта саҥа сөбүлэһии оҥорсор кэмим кэлэн эрэр, – диир Айыы Тойон; –

9 Бу кинилэр өбүгэлэрин Египет сириттэн таһаараары, илиилэриттэн сиэтэн туран оҥорсубут сөбүлэһиибиттэн чыҥха атын сөбүлэһии буолуоҕа. Кинилэр өбүгэлэрэ Мин кэс тылбын кэспиттэрэ, ол иһин Мин кинилэртэн киэр хайыспытым, – диир Айыы Тойон; –

10 Ол кэнниттэн Израиль норуотун кытта оҥорсор сөбүлэһиим бу баар, – диир Кини: – Сокуоннарбын өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэриэҕим, сүрэхтэригэр-быардарыгар суруйуоҕум; Мин кинилэр Таҥаралара буолуоҕум, кинилэр Мин норуотум буолуохтара.

11 Оччоҕо ким да чугастааҕытын, бэйэтин быраатын, «Айыы Тойону» бил диэн үөрэтэ сатыа суоҕа: ол курдук кыратыттан улуутугар тиийэ бары Миигин билиэхтэрэ, тоҕо диэтэххэ,

12 кинилэр алҕастарыгар Мин аһыныгастык сыһыаннаһыаҕым, аньыыларын да, Сокуону кэһиилэрин да санатыам суоҕа».

13 «Саҥа» диэн тылы туттан, Кини бастакы эргэрбитин көрдөрөр; оттон эргэрбит, эмэх буолан эрээччи бэрт сотору суох буолар.

© Институт перевода Библии, 2008-2022

Institute for Bible Translation, Russia
ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:



ကြော်ငြာတွေ