4 эдэрдэри эрдэрин, оҕолорун таптыырга такайдыннар,
Эдэр огдооболору испииһэккэ киллэримэ, олор эт-хаан имэҥэр бэринэн, Христостан тэйэн эргэ тахсыахтарын баҕараллар.
Онон өстөөххө үөҕэр-хоһулуур сылтах биэрбэт туһугар, эдэр огдооболор эргэ баран, оҕо төрөтөн, дьиэлэрин-уоттарын көрөн олороллоругар сүбэлиибин.
аҕа саастаах дьахталларга ийэҕэр курдук, оттон эдэрдэргэ бары өттүнэн ыраастык сыһыаннаһан туран балыстаргар курдук өйдөт.
Сааһырбыт дьахталлар сибэтиэйдэр сиэрдэринэн олордуннар, хобу-сиби таспатыннар, арыгыга ылларбатыннар, үтүөҕэ эрэ үөрэттиннэр:
чөлү харанарга, олохтоох өйдөөх-санаалаах, дьиэҕэ-уокка кыһамньылаах, үтүө майгылаах буоларга, эрдэрин тылын истэргэ үөрэттиннэр; оччоҕо ким да Таҥара тылын баһааҕырдыа суоҕа.