8 Сион, ону истэн, үөрэр-көтөр, Иуда куораттара өрөгөйдүүллэр – Эн көнө дьүүлгүттэн, Айыы Таҥара!
Содур санаалааҕы киэр кыйдыаҕым, куһаҕаны ончу билиэм суоҕа.
Онон, бырааттарым, Таҥара амарах санаатын туһугар эһигиттэн көрдөһөбүн: бэйэҕитин бүүс-бүтүннүү Киниэхэ сөбүлэтэр тыыннаах сибэтиэй сиэртибэ быһыытынан Таҥараҕа бэриниҥ – ол буолуо эһиги Киниэхэ дьиҥ духуобунай сулууспаҕыт.
Ол иһин бэл Таҥара норуота кинилэри батыһар, тугу куппуттарын толору сомсон иһэр.
Аанньал сэриитин Айыы Тойоно биһигини кытта, биһиги халыҥ хаххабыт – Иаков Таҥарата. Села
Айыы Тойон, ким Эйигиттэн толлуо суоҕай, ким айхаллыа суоҕай Эн ааккын? Сибэтиэй соҕотох Эн эрэ бааргын эбээт. Эн кырдьыктаах дьүүлүҥ бары норуокка көһүннэ; омук эрэ барыта кэлэн Эн иннигэр нөрүөн нөргүйүө».
Уонна бэйэҕит эмиэ тыыннаах таастар буолаҥҥыт, Таҥара сөбүлүүр духуобунай сиэртибэтин Иисус Христоһунан биэрэр Кини сибэтиэй үлэһиттэрэ буолар туһугар, духуобунай дьиэ буола үүнэн-үрдээн иһиҥ.
Онон, доҕотторуом, Кинини кытта бииргэ атаҕастанарбытын кэрэйбэккэ, түөлбэ тас өттүгэр Киниэхэ тахсыаҕыҥ.
Барытын тутан биирдэ дэлэйэ түстүм. Епафродитынан ыыппыккытын туттум, онон аны билигин тугунан да тутайбаппын. Эһиги миэхэ көмөҕүт – сайар илгэ сыттаах бэлэх, Таҥара сөбүлүүр, астынар сиэртибэтэ.
Мин хааным эмиэ, эһиги Таҥараҕа биэрэр сиэртибэҕитин ситэрэн, Киниэхэ бэриллэр бэлэх буолан тохтуохтаах да эбит буоллаҕына, мин онтон үөрэбин эрэ, эһигинниин бииргэ үөрсэбин.
Кини дьэллэмник үллэрэр, дьадаҥыга бэрсэр; кини кырдьыктаах быһыыта үйэлэргэ барыаҕа, дириҥ ытыктабылга кини сылдьыаҕа.
Уруйдуом Эйигин, Айыы Тойон, миигин өрүһүйбүтүҥ иһин, өстөөхтөрбүн үрдүбэр үҥкүүлэппэтэҕиҥ иһин.