8 Оттон Айыы Тойон үйэлэр тухары ыраахтааҕылыыр; Кини дьүүллүүр бүрүстүөлүн бэлэмнээн турар.
«Туох туһалаах буолуой мин өлөрүм, мин иин түгэҕэр түһэрим? Иин куоппаһа Эйигин айхаллыа дуо? Кини Эн кырдьыккын иһитиннэриэ дуо?
Эйигин, соҕотох Эйигин утары мин аньыыны оҥордум, Эн иннигэр уодаһыннаахтык быһыыланным, онон Эн уурааҕыҥ сөптөөх, Эн дьүүлүҥ ыраас.
Уруйдааҥ Айыы Тойон Таҥарабытын, сүгүрүйүҥ Киниэхэ сибэтиэй хайатын үрдүгэр; Айыы Тойон, биһиги Таҥарабыт, сибэтиэй.
Айхал тыллаах ааһыҥ Кини олбуорун аанынан, махтал тыллаах киириҥ Кини тиэргэнигэр; айхаллааҥ Кинини, алҕааҥ Кини аатын.
Кини бу аан дойдуну кырдьыктаахтык дьүүллүүр күнүн хайыы-үйэ болдьоон, Судьуйатын анаан турар. Дьэ ол иһин, бу туһунан бар дьоҥҥо туоһулаан, Таҥара Кинини өлүүттэн тилиннэрбитэ».
Мин иһитиннэрэр Евангелиебар этиллэринэн, дьон кистэлэҥ дьайыытын Таҥара Иисус Христоһунан дьүүллүүр Күнүгэр эмиэ ситинник буолуоҕа.