4 Өстөөхтөрүм тэскилээн иһэннэр, сүһүөхтэрин сүтэрдилэр, Эн көрөн турдаххына кинилэр өллүлэр.
Мин өрүү Эн суолгунан сылдьарым, биирдэ да бүдүрүйбэтэҕим.
Эн илинтэн тыалы түһэрэҥҥин, Фарсис аалларын үлтү охсубутуҥ.
Сарсыарда эрдэттэн дуоһут бигэ тапталгынан, оччоҕо биһиги үрдүк өрөгөйдөнүөхпүт, үйэбит тухары үөрэ-көтө сылдьыахпыт.
Уруйдааҥ Айыы Тойон Таҥарабытын, сүгүрүйүҥ Киниэхэ сибэтиэй хайатын үрдүгэр; Айыы Тойон, биһиги Таҥарабыт, сибэтиэй.
Үөҕүллэ сылдьан үөхсүүнэн хардарбатаҕа, эрэйи-муҥу көрө сылдьан кими да саамматаҕа – ону барытын Кырдьыктаах Судьуйаҕа эрэнэн туттарара.