9 Айбыт норуоттарыҥ, бука бары кэлэннэр, Эн иннигэр нөрүөн нөргүйүөхтэрэ, Айыы Тойон, Эн ааккын кинилэр айхаллыахтара.
Таҥараны билбэт дьоҥҥо сыдьаайыахтаах сырдыккын, норуотуҥ Израиль албан аатын!»
Тыл Киһи буолан Киниэхэ толору баар илгэлээх үтүөнэн, кырдьыгынан сыдьаайан, биһигини кытта олорбута, онон биһиги Кини кэрэмэн килбиэнин, Аҕа Төрөппүт соҕотох Уолун килбиэнин, көрбүппүт.
Кини көҥүлүн тутуһуон баҕарар киһи бу үөрэх Таҥараттан кэлбитин дуу, эбэтэр Мин Бэйэбиттэн үөрэтэрбин дуу билиэҕэ.
Павел, туран илиитинэн бэлиэ биэрэн баран, эппитэ: «Израиль дьоно уонна Таҥараны ытыктааччылар бука бары, истиҥ!