8 Ким да суох Эн курдук, Айыы Тойон, таҥаралар ортолоругар, ким да оҥорор кыаҕа суох Эн оҥороргун.
Иһит, Айыы Тойон, миигин аһын-харыһый, Айыы Тойон, миэхэ көмөлөс».
Буруйу-сэмэни оҥорбуппун мин билэбин, аньыыбын-харабын өрүү өйдүү сылдьабын.
Кэмигэр этиллибит сиэрдээх тыл үрүҥ көмүс иигэ кэтэрдиллибит кыһыл көмүс оҥоһук кэриэтэ.
Акаарыны төһө да кэлиигэ уган бурдугу кытта бииргэ мэлий – акаарыта араҕыа суоҕа.
Мин эһиэхэ эйэни хаалларабын, Бэйэм эйэбин эһиэхэ биэрэбин; Мин бу дойду биэрэриттэн атыннык биэрэбин. Эһиги дьиксиниэ, дьулайыа суохтааххыт.
Ол күн, нэдиэлэ бастакы күнүн киэһэтигэр, үөрэнээччилэр иудейдартан куттанан, түмсэр дьиэлэрин аанын хатанан олордохторуна, Иисус киирэн ортолоругар туран эппитэ: «Эһиэхэ эйэ буоллун!»
Аҕыс хонон баран үөрэнээччилэр эмиэ дьиэҕэ олорбуттара, Фома кинилэри кытта баара. Аан халҕана хатанан турдаҕына, арай Иисус киирэн ортолоругар туран баран: «Эһиэхэ эйэ буоллун!» – диэбитэ.
Кэлин кинини, Таҥара Дьиэтигэр сылдьарын көрсөн Иисус: «Дьэ бу үтүөрэн чэгиэн буолан сылдьаҕын, – диэбитэ. – Аны аньыыны оҥорума – оҥордоххуна эйиэхэ итиннээҕэр куһаҕан буолуо».
«Ким даҕаны, Тойонуом», – дьахтар хоруйдаабыта. «Мин эмиэ эйигин дьүүллээбэппин, – диэбитэ Иисус. – Чэ, дьиэҕэр бар уонна аны аньыыны оҥорума».
Кини, Иисус Христос биэрэр эйэтин туһунан Евангелиены иһитиннэртэрэн, Израиль норуотугар Бэйэтин тылын тиэрдибитэ. Туох баар барытын Айыы Тойоно Иисус буолар.
Таҥара Уолун, Иисуһу, тилиннэрэн баран – эһигини хас биирдиигитин аньыыттан-хараттан киэр хайыһыннаран үтүө алгыска тиксэрээри – бастакынан эһиэхэ ыыппыта».
Оччоҕо билигин эһиги Таҥараны билэр дьон, ордук чуолкайдык эттэххэ, Таҥара билэр дьоно, эмиэ туох туһуттан айылҕа мөлтөх, туох да көдьүүһэ суох күүстэригэр төннөөрү, кинилэргэ хат хабалаҕа киирээри гынаҕыт?
Кини кэлэн эһиэхэ, ыраах да сылдьааччыларга, чугас да баардарга эйэ туһунан иһитиннэрбитэ,
Эйэ-ил Айыы Тойоно Бэйэтинэн эһиэхэ өрүүтүн туохха барытыгар эйэни биэриэхтин. Айыы Тойон эһигини барыгытын кытта бииргэ буолуохтун!
Ол эрээри «Таҥара Бэйэтин дьонун билэр» уонна «Айыы Тойон аатын итэҕэйэр ханнык баҕарар киһи куһаҕантан тэйиэхтин» диэн бэчээттээх Таҥара бөҕө акылаата халбаҥнаабат.
Онон сэрэхтээх буолуҥ: Кини саҥарар кэмигэр киэр хайыһымаҥ. Кинилэр сиргэ саҥарааччыны истибэккэ, буруйдаммыттара, онон биһиги Халлаантан Саҥарааччыттан киэр хайыстахпытына, буруйдааһынтан, биллэн турар, куоппаппыт.
Таптыыр дьоммун, итэҕэстэрин көрдөрөн туран, дьарыйабын, онон дьаныардаах буол, аньыыгын билин.