2 Араҥаччылаа олохпун, мин Эйиэхэ бэриниилээхпин; быыһаан ыл, Айыы Таҥара, Эйиэхэ эрэмньилээх кулуккун.
Дабайыы ырыата. Соломон псалома. Айыы Тойон дьиэни тутуспат буоллаҕына, тутааччылар ону дьүгээр туталлар. Айыы Тойон куораты харыстаабат буоллаҕына, харабыллар ону халтайга манаан тураллар.
Айыы Тойонтон үөрүҥ, кырдьыктаахтар: көнө дьон Таҥараны айхаллыыра сиэрдээх.
Кинини итэҕэйэр ханнык баҕарар киһи Моисей Сокуона кыайан босхолооботох туох баар аньыытыттан-буруйуттан Кини көмөтүнэн босхолонор.
Таҥара эһигини, аньыылаах-харалаах дьону, быһыллыбакка, Таҥара норуотугар киирсибэккэ өлбүттэри, Христостуун бииргэ тилиннэрбитэ. Кини биһиги аньыыбытын-харабытын барытын бырастыы гыммыта,