11 Үөрэт миигин, Айыы Тойон, Бэйэҥ суолгар, оччоҕо мин Эн кырдьыккынан сылдьыаҕым; Эн ааккыттан толлорум курдук, мин сүрэхпин бигэ оҥор.
Иисус хоруйдаабыта: «Мин Суол, Кырдьык уонна Олох буолабын; Аҕабар Миигинэн эрэ кэлиэххэ сөп, атын суол суох.
Онон килбиэннээх үтүөтүн – Тапталлаах Уолунан биһиэхэ биэрбит бэлэҕин иһин Таҥараны айхаллыаҕыҥ.
«Үрдүк Халлааҥҥа – Таҥараҕа айхал, сиргэ – эйэ-ил, дьоҥҥо – Таҥара үтүө сыһыана!»
Маны этэн бүтэ илигинэ, эмискэ сандаархай былыт кэлэн кинилэргэ сыдьаайбыта, былыт быыһыттан саҥа дуораһыйбыта: «Бу баар – Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум; Кинини истиҥ!»
Дьэ онуоха Халлаантан: «Бу баар – Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум», – диир саҥа иһиллибитэ. 3
Биһиги Христоска холбоһон, Таҥара иннигэр кырдьыксыт дьон буоларбыт туһугар, Таҥара Киниэхэ, аньыы диэни Билбэтэххэ, биһиги аньыыбытын-буруйбутун сүктэрбитэ.
нэгэй дьон баай-талым олоҕун көрөммүн, улуутумсуктары ордугургуу санаатым.