2 Айыы Тойон, биһиги Айыы Тойоммут, хайдах курдук сүдүнүй Эн аатыҥ бүтүн сир үрдүнэн! Эн кэрэмэн килбиэҥҥин халлааннар үрдүлэринэн тэниттиҥ.
Айыы Тойон аатын айхаллыахтыннар: Кини эрэ аата баар үрдүктэн үрдүк, Кини килбиэнэ сир-халлаан үрдүнэн сыдьаайар.
Билиҥ Айыы Тойон итэҕэллээх киһитин Бэйэтигэр туспа арааран ылбытын; мин ыҥырдахпына Айыы Тойон миигин истэр.
Үөрүү-көтүү, өрөгөй-талаан аргыстаах кэлэннэр, кинилэр Ыраахтааҕы дыбарыаһыгар киирэллэр.
Омуктар кинээстэрэ түмсэллэр Авраам Таҥаратын норуотугар. Сир күүстээхтэрэ Таҥараҕа бас бэринэллэр; Кини кимнээҕэр да үөһэ турар.
Итиэннэ Иисус эппитэ: «Аҕаа, сир-халлаан Айыы Тойоно! Маны барытын муударайдартан, өйдөөхтөртөн кистээн баран, кыра оҕолорго арыйбытыҥ иһин, Эйиэхэ айхал этэбин.
«Ити тугу дииллэрин Эн истэҕин дуо?» «Истэбин, – диэбитэ Иисус. – „Кыракый оҕолор, эмиийдээх оҕолор уостарынан Эн айхал тылларын этиттиҥ“ диэн суруллубутун эһиги, ама, аахпатаххыт дуо?»
Сонно Иисус Тыын биэрэр үөрүүтүнэн үөрэн эппитэ: «Аҕаа, сир-халлаан Айыы Тойоно! Эн маны барытын муударайдартан, өйдөөхтөртөн кистээн баран, кыра оҕолорго арыйбытыҥ иһин, Эйиэхэ айхал этэбин. Соннук, Аҕаа, Эн үтүө көҥүлүҥ оннук этэ».
Ол эрээри Таҥара, муударайдары саакка ыытаары, бу дойду муударайа суоҕун, кыахтаахтары кыбыһыннараары, бу дойду кыаҕа суоҕун талбыта;