8 биир эрэ судьуйа баар – Айыы Таҥара: Кини кими эрэ намтатар, кими эрэ үрдэтэр.
Төһө да мин кутталлаах сиринэн сырыттарбын, Эн миигин өстөөхтөрүм өһөгөйдөрүттэн көмүскүүгүн, илиигин миэхэ утары уунаҥҥын, миигин уҥа илиигинэн өрүһүйэн ылаҕын.
Аанньал сэриитин Айыы Тойоно, Ыраахтааҕым миэнэ, Таҥарам! Бэл чыычаах көй дьиэтин Эн сиэртибэнньигиҥ аттыгар булунар, хараҥаччы эмиэ, оҕолорун угаары, онтон чугас уйаланар.
Дьоллоохтор даҕаны – Эн Дьиэҕэр олорооччулар! Кинилэр куруутун Эйигин уруйдаан ыллыыллар. Села
Иисус Галилеяны бүтүннүүтүн кэрийбитэ: синагогаларыгар үөрэтэрэ, Саарыстыба Евангелиетын иһитиннэрэрэ уонна араас ыарыыттан, кыаммат буолууттан үтүөрдэрэ.