2 Өйдөөн кэл былыр талан ылбыт дьоҥҥун – Бэйэҕэр норуот гынаары толуйбуккун. Өйдөө олохсуйа сылдьыбыт Сион хайаҕын.
Онтон оҕунан ытыалаан, кинилэри ыспыта, чаҕылҕан бөҕөнөн дапсыырдаан, үрүө-тараа ыыппыта.
Өлөр өлүү муҥа миигин буулаабыта, хара дьай халаана уолуһуппута.
Онно охтубуттара хара дьайдаахтык быһыыламмыттар, кинилэр аны турбаттыы самныбыттар.
Сымыйаны саҥарааччылары өлөрөҕүн; хаанымсахтан, албынтан Айыы Тойон сиргэнэр.
Дьэ ол сэтигэр бу сир-буор сирэйдэнэн эрдэҕим дьон-сэргэ көрөрүгэр, ким барыта истэригэр!»