8 Тугу барытын күлэллэр, кырыктаахтык тыллаһаллар, улаханнык сананан, суоһурҕаналлар.
Миигиттэн көрдөс – Мин Эйиэхэ бары норуоттары биэриэм, сири, сиксигиттэн саҕалаан, Эйиэхэ бас биллэриэм.
Мин эйигин Египет сириттэн таһаарбыт Айыы Тойон Таҥараҥ буолабын. Айаххын ат – Мин эйиэхэ толору ас уган биэриэм.
Онтон сэттис Аанньал турбатын үрбүтүгэр халлааҥҥа: «Аан дойду саарыстыбата аны Айыы Тойоммут уонна Кини Христоһун Саарыстыбата буолла. Айыы Тойон үйэттэн үйэлэр тухары ыраахтааҕылыаҕа!» – диир саҥа сатараабыта.