19 Хайдах курдук эмискэ имнэри эһиннилэр, хайдах курдук уолуйан, суола суох сүттүлэр!
Эн Саарыстыбаҥ кэлиэхтин. Халлааҥҥа курдук, сиргэ эмиэ Эн көҥүлүҥ буолуохтун.
уонна, аньыы угаайытыгар киллэрбэккэ, биһигини хара дьайдаахтан быыһаа. Эн Саарыстыбаҥ, Эн күүһүҥ-күдэҕиҥ уонна албан аатыҥ үйэттэн үйэлэр тухары муҥура суох эбээт. Аминь“.
үйэттэн үйэлэр тухары баарбын. Өлбүтүм гынан баран, көр бу, аны үйэлэр тухары тыыннаахпын, аминь; аад уонна өлөр өлүү саарыстыбатын күлүүһүн тыла Миэхэ баар.
Бу маны Кэрэһиттээччи этэр: «Дьиҥ чахчы, Мин сотору кэлиэм!» Аминь, оо, кэл, Айыы Тойон Иисус!
Онтон иһиттэхпинэ, халлааҥҥа да, сиргэ да, сир анныгар да, муораҕа да баар – айыллыбыт эрэ барыта: «Бүрүстүөлгэ Олорооччуга уонна Бараан Оҕотугар үйэттэн үйэҕэ алгыс, үрдүк чиэс, албан аат буолуохтун, Кинилэр баһылыыр былаастара туругура туруохтун!» – диэн этэрэ.