11 Бары ыраахтааҕылар киниэхэ сүгүрүйүөхтэрэ, бары норуоттар киниэхэ үлэлиэхтэрэ.
Айыы Тойон, өстөөҕүм үксээтэ даҕаны! Үгүстэр миигин утары өрө тураллар;
Айыы Тойон Таҥарам, Эйиэхэ мин эрэнэбин; бары күөмчүһүттэрбиттэн миигин быыһаа, өрүһүй.
Тоҕус чаас саҕана Иисус улаханнык хаһыытаабыта: «Или, Или! Лама савахфани?» (Ол аата, тылбаастаатахха: «Таҥарам! Таҥарам! Тоҕо Эн Миигин хааллардыҥ?» – диэн.)
Оттон атыттара эппиттэрэ: «Бэйи тохтоо эрэ, Илия Кинини быыһыы кэлэр эбит дуу, суох дуу, көрүөххэ».