4 Оттон кырдьыксыттар үөрдүннэр; кинилэр өрөгөйдөрө Таҥара иннигэр үрдээтин, үөрэллэрэ-көтөллөрө үксээтин.
Миигиттэн көрдөс – Мин Эйиэхэ бары норуоттары биэриэм, сири, сиксигиттэн саҕалаан, Эйиэхэ бас биллэриэм.
Биир санаанан киксэннэр, Эйигин утары сөбүлэһии түһэрсибиттэр:
Оттон Айыы Тойон үйэлэр тухары ыраахтааҕылыыр; Кини дьүүллүүр бүрүстүөлүн бэлэмнээн турар.
Айыы Тойону таптааччылар, куһаҕаны абааһы көрүҥ; Кини сибэтиэй дьонун олоҕун араҥаччылыыр, кинилэри хара дьайдаахтар илиилэриттэн быыһыыр.
Уруйдааҥ Айыы Тойон Таҥарабытын, сүгүрүйүҥ Киниэхэ сибэтиэй хайатын үрдүгэр; Айыы Тойон, биһиги Таҥарабыт, сибэтиэй.
Кини бу аан дойдуну кырдьыктаахтык дьүүллүүр күнүн хайыы-үйэ болдьоон, Судьуйатын анаан турар. Дьэ ол иһин, бу туһунан бар дьоҥҥо туоһулаан, Таҥара Кинини өлүүттэн тилиннэрбитэ».
Өһөскүнэн, кэмсинэри билбэт сүрэххинэн, эн Таҥара кырдьыктаах дьүүлэ арыллар уордаах күнэ кэлэригэр буруйгун эбии хаҥатына сылдьаҕын.
Суруйууларга этиллэр: «Үөр-көт, оҕото суох, төрөөбөт дьахтар! Өрөгөйдөө, төрүүр талыыны билбэтэх! Быраҕыллыбыт дьахтар элбэх оҕолоох – эрдээх дьахтардааҕар оҕото элбэх».