4 Айхал эттиннэр Эйиэхэ норуоттар, Айыы Таҥара; айхал эттиннэр Эйиэхэ бары норуоттар.
Айхаллааҥ Айыы Тойону үтүө санаалааҕын иһин; Кини бигэ таптала – үйэлэр тухары.
Кэлиҥ, көрүҥ Таҥара тугу гыммытын, Кини дьон аймахха оҥорбут дьулаан дьайыыларын:
Айыы Тойон, ким Эйигиттэн толлуо суоҕай, ким айхаллыа суоҕай Эн ааккын? Сибэтиэй соҕотох Эн эрэ бааргын эбээт. Эн кырдьыктаах дьүүлүҥ бары норуокка көһүннэ; омук эрэ барыта кэлэн Эн иннигэр нөрүөн нөргүйүө».