9 Киэр тэйиҥ миигиттэн бука бары, кэрээннэрин сүтэрбиттэр; мин ытыыр саҥабын Айыы Тойон иһиттэ.
Оо, Эн сокуоннаргын тутуһаммын, көнө суолунан куруутун сырыттарбын!
Дабайыы ырыата. Хайалар диэки үөһэ көрөбүн – хантан эрэ миэхэ көмө кэлэр?
Баран иһэбин дуу, сынньана олоробун дуу, миигин, ытыска уурбуттуу, көрөҕүн, суолбун-ииспин бүтүннүү анаараҕын.
Ол эрэн, Айыы Тойон, Эн буолаҕын мин көмүскэнэр куйаҕым, албан аатым, Эн өрө көтөҕөҕүн мин санньыйбыт төбөбүн.
балык иһиттэн АЙЫЫ ТОЙОН Таҥаратыгар үҥпүтэ:
Мин хайалар төрдүлэригэр түспүтүм; сир халҕана мин үрдүбүнэн букатыннаахтык хам хатаммыта! Ол эрэн, АЙЫЫ ТОЙОН Таҥарам, Эн миигин үөдэн түгэҕиттэн таһаардыҥ!