3 Абыраа-аһын, Айыы Тойон, сырам-сылбам быһынна; Айыы Тойон, үтүөрт, уҥуоҕум халыр босхо барда.
Оттон билигин, Айыы Тойон, тугу кэтэһэбин? Эйиэхэ эрэ мин эрэнэбин.
Тоҕо санньыйаҕын, дууһам миэнэ? Тоҕо айманаҕын? Таҥараҕа эн эрэн; мин өссө да Кинини айхаллыаҕым, Быыһааччыбын, Таҥарабын.
Оччоҕо кинилэр Айыы Таҥараҕа эрэниэхтээхтэрэ, Таҥара дьайыыларын умнубакка, Кини кэриэстэрин тутуһуохтаахтара;
Абыраа-аһын, Айыы Тойон, абааһы көрөөччүлэртэн мин хайдах эрэйдэнэрбин көр; Эн бары килбиэннээх дьайыыгын Сион кыыһын олбуорун ааныгар иһитиннэрэрим туһугар, Эн миигин өлүү айаҕыттан өрүһүйэҕин; Эйиэхэ быыһатан, мин өрөгөйдүөҕүм.
эн хахайы да, эриэн үөнү да үлтү үктүөҥ, эдэр хахайы, дьааттаах моҕойу илдьи тэпсиэҥ.
Күүстээх санаалаах киһи ыарыыны тулуйар, оттон кута-сүрэ тостубут хайдах туруулаһыаҕай?
кинилэргэ эппитэ: «Дууһам өлөр кутурҕаҥҥа ылларда; утуйумаҥ, манна Миигин кытта бииргэ олоро түһүҥ».
Уонна баран Таҥара, төһө да түргэнник көмүскүү охсубатаҕын иһин, түүннэри-күнүстэри Киниттэн көрдөһөөччүлэргэ, Бэйэтэ талан ылбыт дьонугар, ама көмөлөһүө суоҕа дуо?
«Билигин дууһам долгуйда. Тугу этиэмий? „Аҕаа! Бу чаастан Миигин быыһаан ыл!“ диэм дуо? Бу чаас туһугар Мин кэлбитим эбээт.