3 Сокуона суоҕу сүрэххитигэр аттараҕыт, сир устун күүскүтүнэн өттөйөҕүт.
Халлааҥҥа тахсыам дуу – онно Эн бааргын; үтүгэн түгэҕэр түһүөм дуу – онно эмиэ Эн бааргын.
Абыраа миигин, Айыы Тойон, атахпар туруор, оччоҕо мин кинилэргэ төлүөҕүм.
Эн, атын омуктары үүртэлээн баран, кинилэр сирдэригэр өбүгэлэрбитин олордубутуҥ; туора биис уустарын сууһартаан баран, норуоккар көҥүлү тосхойбутуҥ.
Кини эрэ – мин туруук таас хайам, Быыһааччым, халыҥ хаххам, суон дурдам; мин тулхадыйыам суоҕа.
Сокуону Таҥара Моисейынан бэрдэрбитэ, оттон тапталы уонна кырдьыгы Иисус Христос аҕалбыта.
Дьэ онно Петр өйдөнөн кэлбитэ: «Билигин чахчы көрдүм: Айыы Тойон Аанньалын ыытан, миигин Ирод илиититтэн уонна иудей норуота эрэммит былаҕайыттан быыһаан ылла».