10 Хочуолларгытын амынньыар уота хаарыйа да илигинэ, хоруорбут да, өлүөр да аскытын холорук ытыйан илтин.
хонуу кыылын-сүөлүн барытын уулаталлар; дьиикэй оселлар эмиэ онтон утахтарын ханнараллар;
Тапталбар хатаанынан хардараллар, оттон мин кинилэр тустарыгар үҥэбин эрэ.
Суолгун Айыы Тойоҥҥо туттар, Киниэхэ эрэн, оччоҕо көмөлөһүөҕэ.
Алгыс буоллун үйэлэр тухары Кини килбиэннээх аатыгар. Кини кэрэмэн килбиэнэ сир үрдүн толоруохтун. Аминь, аминь.